Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

13 УРУОК

Итэҕэллэри туох күүтэрий?

Итэҕэллэри туох күүтэрий?

1. Итэҕэллэр бары үчүгэйдэр дуо?

 Ханнык баҕарар итэҕэлгэ истиҥ сүрэхтээх дьоннор бааллар. Таҥара оннук дьону бэлиэтээн көрөрө уонна кинилэргэ көмөлөһөөрү илиитин утары уунара санаабытын көтөҕөр. Хомойуох иһин, үйэлэр тухары итэҕэл туһугар элбэх куһаҕан оҥоһуллубута, оннук гынан итэҕэл бэйэтин үчүгэйэ суох өттүнэн көрдөрбүтэ (2 Коринфяннарга 4:3, 4; 11:13—15). Бүгүн итэҕэли терроризмҥа, геноцидка, сэриилэргэ уонна оҕолору күүһүлээһиҥҥэ буруйдууллара сэдэх көстүү буолбатах. Бу Таҥараны дьиҥнээхтик итэҕэйэр истиҥ сүрэхтээх дьону олус хомотор! (Матфей 24:3—5, 11, 12 ааҕыҥ.)

 Дьиҥнээх итэҕэл Таҥараны айхаллыыр, оттон сымыйа итэҕэл кинини саакка-суукка киллэрэр. Сымыйа итэҕэл Биибилийэҕэ суоҕу үөрэтэр, итиэннэ өлбүт киһи туругун уонна Таҥара туһунан сымыйаны тарҕатар. Оттон Иегова дьоннор кини туһунан кырдьыгы билэллэрин баҕарар (Иезекииль 18:4, СД). (Римляннарга 6:23; 1 Тимофейга 2:3—5 ааҕыҥ.)

2. Итэҕэллэри туох күүтэрий?

 Дьолго, Таҥараны албынныыр табыллыбат. Сорохтор Таҥараны таптыыбыт диир эрээрилэр, дьиҥэр Сатана аан дойдутун ордороллор. Таҥара оннук сирэй көрбөх дьону билэр (Иаков 4:4). Биибилийэ сымыйа итэҕэллэри барыларын «Улуу Вавилон» диэн ааттыыр. Вавилон диэн Ной саҕана буолбут улуу Мотуок кэнниттэн сымыйа итэҕэл үөскээбит былыргы куората буолар. Сотору Таҥара дьону албынныыр уонна баттыыр итэҕэли дьүүллүөҕэ. Сымыйа итэҕэл эмискэ суох буолуоҕа. (Арыллыы 17:1, 2, 5, 16, 17; 18:8 ааҕыҥ.)

 Өссө биир үчүгэй сонун баар. Иегова сымыйа итэҕэлгэ сылдьар истиҥ сүрэхтээх дьоннору умнубат. Кини оннук дьону бэйэтигэр ыҥырар уонна кырдьыкка үөрэтэр. (Иоанн 6:45 ааҕыҥ.)

3. Истиҥ сүрэхтээх дьон тугу гыныахтарын нааданый?

Дьиҥнээх итэҕэл дьону түмэр

 Иегова кырдьыгы уонна үтүө быһыыны таптыыр дьону олус күндүтүк саныыр. Итиэннэ кинилэри сымыйа итэҕэлтэн тахсарга ыҥырар. Таҥараны таптыыр дьон кинини үөрдээри уларыйарга бэлэмнэр. (Арыллыы 18:4 ааҕыҥ.)

 Бастакы үйэҕэ истиҥ сүрэхтээх дьоннор Иисус апостолларыттан үтүө сураҕы истэн, ону үөрүүнү кытта ылыммыттара. Кинилэр Таҥара көҥүлүн тутуһан олорорго үөрэммиттэрэ, онон олохторо сыаллаах буолбута уонна эрэлинэн туолбута. Ол христианнар биһиэхэ үчүгэй холобур буолаллар. Кинилэр үтүө сураҕы ылыммыттара уонна олохторун Иеговаҕа анаабыттара. (1 Фессалоникиецтарга 1:8, 9; 2:13 ааҕыҥ.)

 Иегова бэйэтин дьиэ кэргэнигэр сымыйа итэҕэлгэ туох да кыттыгаһа суох буолуон баҕарар дьону ыҥырар. Өскөтүн эһиги кини истиҥ ыҥырыытын ылыннаххытына, кини доҕоро буолуоххут уонна кини сулууспалааччыларыттан элбэх үчүгэй доҕоттору буларгыт кыаллыаҕа. Оттон инники өттүгэр эһигини бараммат олох күүтэр. (Марк 10:29, 30; 2 Коринфяннарга 6:17, 18 ааҕыҥ.)

4. Таҥара дьону баттабылтан хайдах босхолуоҕай?

 Таҥара сотору сымыйа итэҕэлгэ таһаарбыт дьүүлүн толоруоҕа. Ол баттабылтан босхолонууну аҕалыа. Сымыйа итэҕэл аны хаһан да дьону албынныа уонна араартыа суоҕа. Дьоннор бары биир дьиэ кэргэн курдук соҕотох дьиҥнээх Таҥараҕа сулууспалыыр буолуохтара. (Арыллыы 18:20, 21; 21:3, 4 ааҕыҥ.)