Иегова Туоһуларын тэрилтэтэ хайдах тэрээһиннээҕий?
14 Уруок
Иегова Туоһуларын тэрилтэтэ хайдах тэрээһиннээҕий?
Иегова Туоһуларын историята аныгы бириэмэҕэ хаһан саҕаламмытай? (1)
Иегова Туоһулара көрсүһүүлэрин хайдах ыытылларый? (2)
Ороскуоттар хайдах төлөнөллөрүй? (3)
Түмсүүнү ким салайарый? (4)
Сыл ахсын ханнык улахан түмсүүлэр буолалларый? (5)
Аан дойдутааҕы киин салайыыга уонна филиалларга туох үлэ ыытылларый? (6)
1. Аныгы бириэмэҕэ Иегова Туоһуларын историята 1870-с сыллардаахха саҕаламмыта. Кинилэр бастаан Библия Чинчийээччилэрэ диэн ааттанар этилэр. Онтон 1931 сыллаахха Библия Чинчийээччилэрэ Сибэтиэй Суруйууга олоҕурар, Иегова Туоһулара диэн ааты ылыммыттара (Исаия 43:10). Кыраттан саҕаламмыт организацияҕа билигин мөлүйүөнүнэн Туоһулар 230 тахса дойдуга көхтөөхтүк үтүө сураҕы тарҕаталлар.
2. Иегова Туоһуларын үгүс түмсүүлэрэ көрсүһүүлэрин нэдиэлэҕэ үстэ ыыталлар. Эн ханныкка баҕар кэлиэххин сөп (Еврейдэргэ 10:24, 25). Онно бастатан туран Библияны үөрэтэллэр. Көрсүһүү саҕаланарын уонна түмүктэнэрин саҕана үҥэллэр. Үгүс көрсүһүүлэргэ «духуобунай гимнэри» көхтөөхтүк ыллыыллар (Ефесяннарга 5:18, 19). Киириитэ босхо, харчы хомуйуллубат (Матфей 10:8).
3. Үгүс түмсүүлэр көрсүһүүлэрин сүгүрүйүү Дьиэтигэр ыыталлар. Ол үксэ боростуой оҥоһуулаах, Иегова Туоһулара бэйэлэрэ туппут дьиэлэрэ. Сүгүрүйүү дьиэтигэр Таҥара мөссүөнэ, кириэстэр уонна онно майгынныыр маллар суохтар. Ороскуоттар бэйэ баҕатынан бэриллибит сиэртибэ үбүттэн төлөнөллөр. Сиэртибэ оҥоруон баҕалаахтарга анаан дьааһыктар тураллар (2 Коринфяннарга 9:7).
4. Хас түмсүү аайы аҕа баһылыктар эбэтэр көрөөччүлэр бааллар. Кинилэр түмсүүнү үөрэтиигэ салайыыны бэйэлэригэр ылаллар (1 Тимофейга 3:1—7; 5:17). Кинилэргэ түмсүү үлэһиттэрэ көмөлөһөллөр (1 Тимофейга 3:8—10, 12, 13). Ити ааттаммыт сулууспалааччылар түмсүү иһигэр атын христианнартан үрдүк буолбатахтар (2 Коринфяннарга 1:24). Кинилэр анал ааттара суох (Матфей 23:8—10). Кинилэр атыттартан туох да уратыта суохтук таҥналлар. Кинилэр үлэлэрэ төлөммөт. Түмсүүнү Таҥара туһунан үөрэтэргэ аҕа баһылыктар бэйэ баҕатынан кыһаллаллар. Ыарахаттар үөскээтэхтэринэ кинилэр санааны чэпчэтиэхтэрин уонна сүбэ биэриэхтэрин сөп (Иаков 5:14—16; 1 Петр 5:2, 3).
5. Ону таһынан, Иегова Туоһулара хас сыл ахсын улахан көрсүһүүлэри, эбэтэр конгресстары ыыталлар. Онно элбэх түмсүүлэр бииргэ мустан Библия туһунан истэллэр. Хас биирдии конгресска саҥа үөрэнээччилэр сүрэхтэниилэрэ киирэр (Матфей 3:13—17; 28:19, 20).
6. Иегова Туоһуларын аан дойдутааҕы киин салайыылара Нью-Йорка баар. Онно аан дойду үрдүнэн түмсүүлэри билэр-көрөр, опыттаах аҕа баһылыктартан турар Салайар сэбиэт баар. Ол үрдүнэн, араас дойдуларга 100 тахса филиал үлэлиир. Онно бэйэ баҕатынан үлэлээччилэр, библейскай литератураны бэчээттииргэ уонна ыытарга көмөлөһөллөр. Ону таһынан, филиаллар үтүө сурах тарҕанарыгар үлэни салайаллар. Чугастааҕы филиалы тиийэн көрөрүҥ тыбыллыа суоҕа дуо?