Таҥара абааһы көрөр дьыалалара
10 Уруок
Таҥара абааһы көрөр дьыалалара
Таҥара абааһы көрөр дьыалаларыгар, хайдах сыһыаннаһыахтаахпытый? (1)
Ханнык сексуальнай быһыы-майгы сөбө суоҕуй? (2)
Христианин албыннааһыҥҥа хайдах сыһыаннаһыахтааҕый? (3) сүүйсүүлээх оонньууларга? (3) уорааһыҥҥа? (3) күүһүлээһиҥҥэ? (4) көстүбэт тыыннары кытта сибээстэһиигэ? (5) арыгылааһыҥҥа? (6)
Киһи куһаҕан дьыалалартан хайдах босхолонуон сөбүй? (7)
1. Таҥара сулууспалааччылара үтүөнү таптыыллар. Ол үрдүнэн кинилэр куһаҕаны абааһы көрө үөрэниэхтээхтэр (Псалом 97:10). Ол аата, Таҥара абааһы көрөр дьыалаларын оҥорботтор. Ханныктары?
2. Содур быһыы. Кэргэннэммэккэ сылдьан сексуальнай олоҕунан олоруу, көрсүүлэһии, сүөһүлүүн иирсии, хаан булкуһуута уонна эр дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта эр-ойох олоҕунан олорор сыһыаннара — бу Таҥара утары улахан аньыылар (Левит 18:6; Римляннарга 1:26, 27; 1 Коринфяннарга 6:9, 10). Өскөтүн икки киһи холбоспокко сылдьан бииргэ олорор буоллахтарына, арахсаллара эбэтэр кэргэннии буолалларын суруттараллара сөп (Еврейдэргэ 13:4).
3. Сымыйалааһын, сүүйсүүлээх оонньуулар, уорааһын. Иегова Таҥара хаһан да сымыйалаабат (Титкэ 1:2). Кини биһирэбилин ылыан баҕалаахтар сымыйалыа суохтаахтар (Притчи 6:16—19; Колоссяннарга 3:9, 10). Сүүйсүүлээх оонньуу ханнык баҕарар көрүҥэ иҥсэни көбүтэр. Ол иһин христианнар ханнык да сүүйсүүлээх оонньуу көрүҥэр: лотереяҕа, ат сүүрдүүтүгэр эбэтэр бингоҕа кыттыбаттар (Ефесяннарга 5:3—5). Христианнар уорбаттар. Кинилэр уоруллубуту билэ-билэ атыыласпаттар, уонна атын малы ыйытыыта суох ылбаттар (Исход 20:15; Ефесяннарга 4:28).
4. Уордайан ылыы, күүһүлээһин. Үүнэ-тэһиинэ суох уордайыы күүһү туттааһыҥҥа тириэрдиэн сөп (Бытие 4:5—8). Күүһүлээн быһыыланар киһи, Таҥара доҕоро буолар кыаҕа суох (Псалом 11:5; Притчи 22:24, 25). Ким эмэ биһиэхэ куһаҕаны оҥорбут буоллаҕына, куһаҕанынан төлүүр уонна иэстэһэр сыыһа (Притчи 24:29; Римляннарга 12:17—21).
5. Аптааһын уонна көстүбэт тыыннары кытта сибээстэһии. Сорох дьоннор ыарыыны эмтиир баҕаттан, көстүбэт тыыннар күүстэрин туһаналлар. Атыттар бэйэлэрин өстөөхтөрүгэр ыарыыны эбэтэр өлүүнү баҕаран кырыыллар. Итини барытын оҥорорго, күүһү Сатана биэрэр. Ол иһин христианнар итинник дьыалаларга олох кыттыа суохтаахтар (Второзаконие 18:9—13). Аптааһынтан саамай үчүгэй хахха — Иегованы кытта чугас сыһыаны сүтэрбэккэ сылдьыы (Притчи 18:10).
6. Арыгылааһын. Арыгыны, пиибэни уонна да атын арыгылаах утахтары кыратык иһэр туох да куһаҕана суох (Псалом 104:15; 1 Тимофейга 5:23). Ол гынан баран итириэххэ диэри иһэр уонна арыгылыыр — Таҥара иннигэр сөбө суох (1 Коринфяннарга 5:11—13; 1 Тимофейга 3:8). Арыгыны олус элбэҕи иһэр доруобуйаны буортулуон уонна дьиэ кэргэни алдьатыан сөп. Ол үрдүнэн арыгыны сиэри таһынан иһэр киһи, атын ымсыыларга түргэнник бэриниэн сөп (Притчи 23:20, 21, 29—35).
7. Таҥара абааһы көрөр дьыалаларын оҥорор дьоннор «Таҥара Саарыстыбатыгар тиксибэттэр» (Галаттарга 5:19—21). Өскөтүн эн Таҥараны кырдьыктыы таптыыр уонна кинини үөрдүөххүн баҕарар буоллаххына, эн итинник дьыалалартан босхолоноруҥ кыаллыан сөп (1 Иоанн 5:3). Таҥара тугу сөбүлээбэтин абааһы көрө үөрэн (Римляннарга 12:9). Таҥара иннигэр сөпкө быһыыланар дьону кытта бодорус (Притчи 13:20). Доҕотторуҥ, сиппит христианнар эйиэхэ көмөлөһүөхтэрин сөп (Иаков 5:14). Бастатан туран Таҥара көмөтүгэр эрэн уонна киниэхэ үҥ (Филиппиецтарга 4:6, 7, 13).
[Иллюстрации, страницы 20, 21]
Таҥара арыгылааһыны, уорууну, сүүйсүүлээх оонньуулары уонна күүһүлээһини абааһы көрөр.