Таҥара иннигэр дьиэ кэргэн олоҕо хайдах буолуохтааҕый
8 Уруок
Таҥара иннигэр дьиэ кэргэн олоҕо хайдах буолуохтааҕый
Эр киһи дьиэ кэргэҥҥэ хайдах балаһыанньалааҕый? (1)
Эр киһи ойоҕор хайдах сыһыаннаһыахтааҕый? (2)
Аҕа туох эбээһинэстэрдээҕий? (3)
Дьиэ кэргэҥҥэ ойох тугу гыныахтааҕый? (4)
Таҥара төрөппүттэртэн уонна оҕолортон тугу күүтэрий? (5)
Библияҕа арахсыы уонна тус туспа олоруу туһунан туох диэн этиллэрий? (6, 7)
1. Библия этэринэн, эр киһи — дьиэ кэргэн баһылыга (1 Коринфяннарга 11:3). Эр киһи биир эрэ ойохтонуохтаах. Эр уонна ойох кэргэннии буолбуттарын, дойдуларын сокуонунан суруттарыахтаахтар (1 Тимофейга 3:2; Титкэ 3:1).
2. Эр киһи ойоҕун, бэйэтин таптыырын курдук таптыахтаах. Кини ойоҕор, Иисус бэйэтин батыһааччыларыгар хайдах сыһыаннаспытын курдук сыһыаннаһыахтаах (Ефесяннарга 5:25, 28, 29). Эр киһи ойоҕун кырбыыра эбэтэр киниэхэ хайдах эмэ куһаҕаннык сыһыаннаһара сатаммат. Ол оннугар кинини ытыктыахтаах уонна убаастыахтаах (Колоссяннарга 3:19; 1 Петр 3:7).
3. Аҕа сүрэхтээхтик үлэлээн, бэйэтин дьиэ кэргэнин туһугар кыһаллыахтаах. Кини ойоҕун уонна оҕолорун аһынан, таҥаһынан уонна олорор дьиэннэн хааччыйыахтаах. Ол үрдүнэн аҕа бэйэтин дьиэ кэргэнин Таҥара туһунан үөрэтиэхтээх (1 Тимофейга 5:8). Кини бэйэтин дьиэ кэргэнэ Таҥара туһунан билэригэр, уонна кини тугу оҥоруохтааҕын өйдүүрүгэр, салайыыны бэйэтигэр ылар (Второзаконие 6:4—9; Ефесяннарга 6:4).
4. Ойох эригэр кыһамньылаах көмөлөһөөччүннэн буолуохтаах (Бытие 2:18). Кини эригэр оҕо иитээһинигэр уонна үөрэтиитигэр көмөлөһүөхтээх (Притчи 1:8). Иегова ирдииринэн, ойох тапталлаахтык бэйэтин дьиэ кэргэнин туһугар кыһаллыахтаах (Притчи 31:10, 15, 26, 27; Титкэ 2:4, 5). Кини бэйэтин эрин дириҥник убаастыахтаах (Ефесяннарга 5:22, 23, 33).
5. Таҥара оҕолортон төрөппүттэрин истэр буолалларын күүтэр (Ефесяннарга 6:1—3). Кини төрөппүттэр бэйэлэрин оҕолорун үөрэтиэхтэрэ уонна көннөрүөхтэрэ диэн күүтэр. Төрөппүттэр оҕолорун кытта Библия үөрэтэргэ, ону тэҥэ кинилэри Таҥара туһунан билэргэ уонна өй санаа өттүнэн өйүүргэ бириэмэ булуохтаахтар (Второзаконие 11:18, 19; Притчи 22:6, 15). Төрөппүттэр бэйэлэрин оҕолорун куруубайдык уонна аһыныгаһа суох быһыылаахтык иитэллэрэ сатаммат (Колоссяннарга 3:21).
6. Кэргэнниилэр бэйэ-бэйэлэрин кытта тапсыбат кэмнэригэр, кинилэр Библия сүбэлэрин тутуһа сатыахтарын наада. Библия таптыырга уонна бырастыы гынарга ыҥырар (Колоссяннарга 3:12—14). Таҥара Тыла этэринэн, кыра проблемалары туһунан олорууннан быһаарыа суохтаахпыт. Ол гынан баран, ойох эриттэн барардыы быһаарыныан сөп, өскөтүн 1) кини өсөһөн туран дьиэ кэргэнин хааччыйарыттан аккаастанар буоллаҕына, 2) бэйэтин өһүөннээхтик быһыыланан, кини доруобуйатыгар уонна олоҕор кутталы үөскэтэр буоллаҕына, эбэтэр 3) кини олус күүскэ утарылаһан Иеговаҕа сүгүрүйэригэр мэһэйдиир буоллаҕына (1 Коринфяннарга 7:12, 13).
7. Кэргэнниилэр бэйэ-бэйэлэригэр бэриниилээх буолуохтаахтар. Көссүүлэһии — бу Таҥара уонна кэргэн утары аньыы буолар (Еврейдэргэ 13:4). Библия көрдөрөрүнэн арахсарга уонна саҥаттан кэргэннэнэргэ биир эрэ биричиинэ баар, ол көссүүлэһии буолар (Матфей 19:6—9; Римляннарга 7:2, 3). Иегова дьоннор Библияҕа олоҕурар биричиинэтэ суох арахсалларын, уонна атын киһилиин холбоһоллорун абааһы көрөр (Малахия 2:14—16).
[Иллюстрации, страницы 16, 17]
Таптыыр аҕа бэйэтин дьиэ кэргэнэ Таҥара туһунан билии ыларын уонна күннээҕи олоххо туохха наадыйарын хааччыйыахтаах.
[Иллюстрация, страница 17]
Таҥара төрөппүттэртэн бэйэлэрин оҕолорун үөрэтэллэрин уонна көннөрөллөрүн күүтэр.