Таҥара тугу ирдиирин, хайдах билиэххэ сөбүй
1 Уруок
Таҥара тугу ирдиирин, хайдах билиэххэ сөбүй
Библияттан улахан суолталааҕы тугу билиэххэ сөбүй? (1)
Библия суруйааччыта кимий? (2)
Библияны тоҕо үөрэтиэххэ нааданый? (3)
1. Библия — Таҥара күндү бэлэҕэ буолар. Ону таптыыр аҕа оҕолоругар суруйбут суругар тэҥниэххэ сөп. Библия Таҥара туһунан дьиҥнээҕи кэпсиир: кини ким буоларын уонна кини туох нуормалардааҕын. Онно ыарахаттары хайдах туоруурга уонна дьиҥнээх дьолу хайдах буларга үчүгэйдик быһаарыллар. Таҥара санаатын хайдах табыахха сөбүн туһунан, онтон эрэ билиэххэ сөп (Псалом 1:1—3; Исаия 48:17, 18).
2. Библия б. э. иннинэ 1513 сылтан суруллан саҕаламмыта. Суруйууга 1600 сыл устата 40 кэриҥэ араас киһи кыттыыны ылбыта. Библия 66 кинигэттэн турар. Кинилэр ону суруйалларыгар Таҥара салайан биэрбитэ. Кинилэр бэйэлэрин өйдөрүттэн буолбакка, кини өйүн-санаатын суруйбуттара. Ол иһин Библия суруйааччытынан дьоннор буолар кыахтара суох, ол оннугар халлааҥҥа олорор Таҥара эрэ буолуон сөп (2 Тимофейга 3:16, 17; 2 Петр 1:20, 21).
3. Таҥара Библияны сөпкө уһулалларыгар уонна харыстанарыгар кыһаллыбыта. Библия бэчээттэнэн тахсыбыт ахсаана, ханнык баҕарар атын кинигэ ахсааныттан элбэх. Эн Библияны үөрэтэргин сорохтор сөбүлүөхтэрэ суоҕа, ол гынан баран кимиэхэ да мэһэйдэтимэ. Утарылаһыы баарын үрдүнэн, эн Таҥара туһунан билии ыларыҥ уонна кини көҥүлүн толороруҥ, эйиэхэ үйэлэр тухары олорор олоҕу биэриэҕэ (Матфей 5:10—12; Иоанн 17:3).