Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

ЧАСТЬ 2

Дьиҥнээх Таҥара ким буоларый?

Дьиҥнээх Таҥара ким буоларый?

Дьиҥнээх Таҥара биир эрэ баар. Кини Иегова диэн ааттаах. Библияҕа маннык суруллар: «Эн эрэ бааргын АЙЫЫ ТОЙОН [Иегова, СД] диэн ааттаах, бүтүн сир үрдүнэн турар Үрдүктэн Үрдүк» (Псалом 82:19). Кини халлааҥҥа олорор буолан, биһиги кинини кыайан көрбөппүт. Кини биһигини таптыыр, онон биһиги кинини эмиэ таптыырбытыгар баҕарар. Таҥара биһиги өссө атын дьону таптыырбыгар баҕарар (Матфей 22:35—40). Кини Үрдүктэн Үрдүк Айбыт Айааччы буолар.

Таҥара бастаан саамай күүстээх аанньалы айбыта. Ол кини Уола буолар. Кэнники кинини Иисус Христос диэн ааттаабыттара. Ону таһынан Иегова атын аанньаллары айбыта.

Иегова халлааҥҥа... уонна сиргэ баары барытын айбыта. Арыллыы 4:11

Иегова сулустары, Сири уонна сиргэ баары барытын айбыта (Арыллыы 10:6).

Кини бастакы киһини, Адамы, буортан айбыта (1 Коринфяннарга 15:47).