Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

ЧАСТЬ 13

Таҥараны үөрдэргэ биһиги тугу гыныахтаахпытый?

Таҥараны үөрдэргэ биһиги тугу гыныахтаахпытый?

Куһаҕан быһыылартан тэйиччи сырыт. 1 Коринфяннарга 6:9, 10

Биһиги Иегованы таптыыр буоллахпытына, кини тугу абааһы көрөрүн оҥоруо суохтаахпыт.

Иегова биһиги уорарбытын, арыгыны элбэҕи иһэрбитин уонна наркотигы туттарбытыгар баҕарбат.

Таҥара өлөрсүүнү, оҕо түһэртэриитин уонна эр киһи эр киһилиин, дьахтар дьахтардыын утуйарын абааһы көрөр. Кини биһиги иҥсэлээх буоларбытын уонна дьону кытта охсуһарбытын сөбүлээбэт.

Биһиги эмэгэттэргэ, айылҕаҕа сүгүрүйүүгэ, сэрэбэйдээһиҥҥэ, ойууннары кытта сибээстэһиигэ уо.д.а. кыттыа суохтаахпыт.

Сиргэ Ырай буоллаҕына, онно куһаҕан дьоннор олоруохтара суоҕа.

Үтүөнү оҥор. Матфей 7:12

Таҥараны үөрдэр туһугар, биһиги киниэхэ майгынныы сатыахтаахпыт.

Дьоҥҥо үтүөтүк сыһыаннаһан уонна кинилэри кытта үллэстэргэ бэлэм буолан, тапталгын көрдөр.

Чиэһинэй буол.

Аһыныгас уонна бырастыы гынарга бэлэм буол.

Иегова уонна кини санаатын туһунан атыттарга кэпсээ (Римляннарга 10:13—15).