ЧАСТЬ 9
Ырай олоҕо хаһан буолуой?
Бу ыарахаттар Таҥара Баһылыктааһына салайан саҕалыыра чугаһаабытын көрдөрөллөр. Лука 21:10, 11; 2 Тимофейга 3:1—5
Библия бүгүҥҥү олох туһунан элбэҕи өтө көрөн эппитэ. Онно дьон харчыны уонна дуоһуйууну сөбүлүөхтэрэ, төрөппүттэригэр бас бэриммэт уонна аһыныгаһа суох буолуохтара диэн этиллэр.
Күүстээх сир хамсааһыннара, сэриилэр, ас тиийбэт буолуута уонна ыарыылар баар буолуохтара. Бу барыта биһиги күммүтүгэр туола турар.
Ону тэҥэ Иисус Баһылыктааһын туһунан үтүө сурах сир үрдүнэн барытынан тарҕаныа диэн өтө көрөн эппитэ (Матфей 24:14).
2 Петр 3:13
Таҥара Баһылыктааһына куһаҕаны барытын суох оҥоруоҕа.Сотору Иегова куһаҕан дьону суох оҥоруо.
Сатана уонна кини абааһылара аны суох буолуохтара.
Таҥара тылын истээччилэр саҥа аан дойдуга олоруохтара. Ол кэмҥэ дьоннор куттал диэни билиэхтэрэ суоҕа уонна бэйэ-бэйэлэрин таптыыр, итэҕэйэр буолуохтара.