9 БАҺА
Дьиэ кэргэҥҥитинээн бары Иеговаҕа сулууспалааҥ
«Сири-халлааны... Айбыкка сүгүрүйүҥ!» (Арыллыы 14:7).
Бу брошураҕа этиллибитин курдук Библияҕа бэриллэр сүрүн сүбэлэр эһиэхэ уонна эһиги дьиэ кэргэҥҥитигэр туһалаах буолуохтарын сөп. Иегова эһиги толору дьоллоох буолуоххутун баҕарар. Таҥараҕа сулууспалааһын олоххутугар улахан суолталаах буоллаҕына, «оччоҕо ити [тугу наадыйаргыт] барыта эһиэхэ бэриллиэҕэ», диэн кини Тыла эрэннэрэр (Матфей 6:33). Эһиги кини доҕотторо буолуоххутун олус баҕарар. Ол иһин, төһө кыах баарынан Иегованы кытта доҕордоһуугутун сайыннара сатааҥ. Таҥара доҕоро буолар — киһиэхэ улуу чиэс (Матфей 22:37, 38).
1 ИЕГОВАНЫ КЫТТА СЫҺЫАҤҤЫТЫН БӨҔӨРГӨТҮҤ
БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. «„Эһиэхэ Аҕаҕыт буолуом, Миэхэ эһиги уолаттарым-кыргыттарым“,— диир Барытын Тутан Олорооччу, Айыы Тойон» (2 Коринфяннарга 6:18). Таҥара, эһиги кини чугас доҕотторо буоларгытыгар баҕарар. Онно Таҥараҕа үҥээһин улахан суолталаах. Иегова «Тиһигин быспакка үҥүҥ» диэн ыҥырар (1 Фессалоникиецтарга 5:17). Эһиги туох баар истиҥ санааҕытын, долгуйуугутун кинини кытта үллэстиҥ, ону барытын кини истэргэ бэлэм (Филиппиецтарга 4:6). Дьиэ кэргэҥҥитин кытта бииргэ үҥэр буоллаххытына, Таҥара эһиэхэ дьиҥнээх буоларын аймахтаргыт көрүөхтэрэ.
Ол гынан баран, Таҥараҕа үҥэр эрэ буолбакка, кинини истэр эмиэ наада. Таҥараны истэр диэн, холобур, кини Тылын уонна Библияҕа олоҕуран бэчээттэммит таһаарыылары үөрэтии буолар (Саалтыыр 1:1, 2). Ааҕан билбиккит туһунан дириҥник толкуйдааҥ (Саалтыыр 76:12, 13). Ону тэҥэ көтүппэккэ христианскай түмсүүлэргэ сылдьан Иегова тылын истэргит эмиэ улахан суолталаах (Саалтыыр 121:1—4).
Ону таһынан дьоҥҥо Иегова туһунан кэпсиир буоллаххытына, кинилиин сыһыаҥҥыт кытаатыа. Төһөннөн элбэхтик ону гынаҕыт, соччоннон киниэхэ чугаһыаххыт (Матфей 28:19, 20).
ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР
-
Хас күн аайы Библияны ааҕарга уонна үҥэргэ бириэмэтэ анааҥ
-
Дьиэ кэргэҥҥитигэр бастакы миэстэҕэ сынньалаҥы, аралдьыйыыны уурбакка, Таҥара дьыалатын толорорго дьулуһуҥ
2 ДЬИЭ КЭРГЭН СҮГҮРҮЙҮҮТҮН ЫЫТЫҤ
БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. «Таҥараҕа чугаһааҥ, оччоҕо Таҥара эһиэхэ эмиэ чугаһыа» (Иаков 4:8). Дьиэ кэргэн сүгүрүйүүтүн эрдэттэн былааннааҥ уонна анаммыт бириэмэҕитин тутуһуҥ (Айыллыы 18:19). Ол үрдүнэн, күннээҕи олоххутугар Иегова Таҥара туһунан өйдүү-саныы сылдьыҥ. Дьиэтээҕилэргит Таҥараны кытта сыһыаннара эбии бөҕөргүө, эһиги маннык ыҥырыыны тутустаххытына: «Дьиэҕэр да олорон, суолунан хааман да иһэн, утуйаары да сытан, туран да баран [Таҥара тылын туһунан] кэпсээ» (Второзаконие 6:6, 7). Үчүгэй холобуру Иисус Навин көрдөрбүтэ. Кини этэн турардаах: «Мин уонна мин дьиэ кэргэним — биһиги бары Иеговаҕа сулууспалыахпыт» (Иисус Навин 24:15).
ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР
-
Үөрэтиигит былаанын эрдэттэн толкуйдааҥ, уонна дьиэлээхтэргит наадаларын эмиэ учуоттааҥ