1 БАҺА
Таҥара сүбэлэрэ дьиэ кэргэн олоҕо дьоллоох буоларыгар көмөлөһөллөр
«Айыы Таҥара маҥнай дьону айарыгар эр киһини уонна дьахтары айбыта» (Матфей 19:4).
Маҥнайгы дьиэ кэргэни Иегова * Таҥара холбообута. Таҥара маҥнайгы дьахтары айбыт уонна кинини бастакы «киһиэхэ илдьибит», диэн Библияҕа суруллар. Адам олус дьолломмута. Кини эппитэ: «Бу — мин уҥуоҕум сорҕото, этим-сииним сорҕото» (Айыллыы 2:22, 23). Иегова бүгүн эмиэ кэргэнниилэр дьоллоох буолалларыгар баҕарар.
Саҥа ыал буолбут дьон, олохпутугар туох да кыһалҕатын көрсүөхпүт суоҕа дии саныыллар. Ол эрээри, кэргэнниилэр бэйэ-бэйэлэрин төһө да күүскэ таптаабыттарын үрдүнэн, ыарахаттар син биир баар буолуохтара (1 Коринфяннарга 7:28). Бу брошюраттан дьиэ кэргэн олоҕо дьоллоох буоларыгар Библия сүбэлэрин булуоххутун сөп (Саалтыыр 18:8—11).
1 ИЕГОВА ЭҺИЭХЭ БИЭРБИТ ОРУОЛУН БИЛИНИҤ
БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. Эр киһи — дьиэ кэргэн баһылыга (Ефесяннарга 5:23).
Иегова эр киһи, ойоҕор нарыннык сыһыаннаһарын ирдиир (1 Петр 3:7). Таҥара дьахтары эригэр көмөлөһөөччүннэн айбыта, уонна эр киһи кинини таптыырыгар, ытыктыырыгар баҕарар (Айыллыы 2:18). Ойоҕун дьиҥнээхтии таптыыр киһи, кини баҕатын бэйэтин киэнинээҕэр үрдүктүк тутуохтаах (Ефесяннарга 5:25—29).
Онтон ойохтортон Иегова эрдэрин дириҥник ытыктыылларын уонна эбээһинэстэрин толороллоругар өйөбүл буолалларын баҕарар (1 Коринфяннарга 11:3; Ефесяннарга 5:33). Кини, эрэ тугу быһаарыммытын өйүөхтээх итиэннэ бэриниилээх көмөлөһөөччүннэн буолуохтаах (Колоссяннарга 3:18). Оччоҕо кини эрин хараҕар уонна Иегова иннигэр эмиэ кэрэ буолан көстүөҕэ (1 Петр 3:1—6).
ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР
-
Бэйэҥ олоҕуҥ аргыһыттан ыйыт, эр эбэтэр ойох быһыытынан тугу тупсарыахпын сөбүй. Кини тугу эппитин болҕомтолоохтук иһит уонна кинини өйдүү сатаа
-
Тулуурдаах буолуҥ. Иккиэн бэйэ-бэйэҕитин дьоллоох оҥоро үөрэнэргитигэр элбэх бириэмэ наада
2 КЭРГЭНИҤ САНААТЫН БОЛҔОМТОҔОР ЫЛ
БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. Олоҕуҥ аргыһын баҕатын улахаҥҥа уур (Филиппиецтарга 2:3, 4). Эн хараххар кини күндү буоларын, кэргэниҥ көрдүн. Таҥара сулууспалааччыта «киһиэхэ барытыгар эйэҕэстик сыһыаннаһыахтааҕын», умнуо суохтаах (2 Тимофейга 2:24). «Сорох киһи толкуйдаабакка саҥаран батаһынан бааһырдар курдук, онтон өйдөөн саҥарааччы тыла эмтиир» (Притчи 12:18). Ол иһин тылгын үчүгэйдик толкуйдаан туттар буол. Үтүөтүк уонна тапталлаахтык саҥараргар Иегова сибэтиэй тыына көмөлөһүөҕэ (Галаттарга 5:22, 23; Колоссяннарга 4:6).
ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР
-
Кэргэҥҥин кытта улахан суолталаах боппуруостары ырытыах иннинэ, уоскуйарга уонна кини санаатын болҕомтоҕо уурарга Таҥараттан көрдөс
-
Тугу уонна хайдах этэргин үчүгэйдик толкуйдаа
3 БИИР САНААЛААХ БУОЛУҤ
БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. Кэргэнниилэр «биир эт-хаан» буолаллар (Матфей 19:5). Ол эрээри иккиэн ураты дьон буолаҕыт, онон тус туспа өйдөөх-санаалах буолуоххутун сөп. Ол иһин биир санаалаах буоларга үөрэниэххитин наада (Филиппиецтарга 2:2). Быһаарыныы ылынарга булгуччу биир санаалах буолуохтааххыт. Библияҕа суруллубут: «Былааннар сүбэннэн бөҕөргөтүллэллэр» (Притчи 20:18). Суолталаах быһаарыныылары ылынаргытыгар Библия сүбэлэринэн салайтарыҥ (Притчи 8:32, 33).
ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР
-
Олоҕуҥ аргыһын кытта күннээҕи сонуннары эрэ үллэстибэккэ ис санааҕар туох баарын эмиэ арый
-
Тугу эмэ быһаарыныаххытын иннинэ бэйэ-бэйэҕитин кытта сүбэлэһиҥ
^ Библияҕа этиллэринэн, Иегова диэн Таҥара аата.