Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

130 ЫРЫА

Бэйэ-бэйэҕитин бырастыы гыныҥ

Бэйэ-бэйэҕитин бырастыы гыныҥ

(Саалтыыр 85:5)

  1. 1. Тапталтан Иегова

    Уолун бэлэх биэрбитэ,

    Бэйэтигэр чугаһатан

    Аньыыбытын сотоору.

    Бараммат олохтонорго

    Эрэл кыыма сыдьаайан,

    Үөрүү-көтүү, дьол иэйиитэ

    Сүрэхпитин толорор.

  2. 2. Маннык амарахтык

    Таҥара: «Атыттары

    Бырастыы гыныҥ», — диэн этэр,

    «Эйэ-ил баар буоллун», — диир.

    Бу курдук быһыыланаммыт

    Чугастааҕыбытыгар

    Эйэҕэс, нарын сыһыаны

    Көрдөрөрбүт кыаллыаҕа.

  3. 3. Быдьардаах, үөҕэр тыл

    Уот кэриэтэ күөдьүйэн,

    Таптал өлгөмнөөх үүнүүтүн

    Олоччу кыдыйыан сөп.

    Ол иһин Аҕабыт биэрбит

    Илгэлээх үтүөтүнэн

    Бэйэ-бэйэни тулуйсан,

    Тапталга угуйуоҕуҥ.

(Ону таһынан Матф. 6:12; Эф. 4:32; Кол. 3:13 көрүҥ.)